- баар
- I есть, имеется; существует || имеющийся, существующий; наличный; миэхэ саҥа кинигэ баар у меня есть новая книга; мин доҕорбор былыргы саа баара у моего друга было старинное ружьё; кылааска сүүрбэ үөрэнээччи баар в классе присутствует двадцать учеников; мин баарбар в моём присутствии; баар балаһыанньа быһыытынан по существующему положению; баар буол= а) явиться куда-л.; б) появляться, оказываться где-л.; онно быйыл эһэ баар буолбут в этом году там появились медведи; бүгүн кини куоракка баар буолбут сегодня он уже в городе; бырайыагы баар гын= представить проект; баар буоллаҕына если есть, если имеется \# таҥара баарына! уст. ей богу!II частица модальная, образует составные ф. гл. и выражает 1) долженствование, необходимость часто в сочет. с ф. недост. гл. э= - этэ, эбит: кинини кулгааҕын үргүөх баар этэ надо бы надрать ему уши; дьиэттэн тахсыа суохха баар этэ не следовало бы выходить из дома; бара сылдьыахха баар эбит оказывается, необходимо съездить; ыйытыах баар следовало бы спросить; 2) возможность, допустимость, иногда в сочет. с ф. недост. гл. э= - ээ: өссө охсуо баар ещё может и ударить; букатын аккаастаан кэбиһиэм баар ээ возможно, я совсем откажусь; 3) сильную досаду, укор, обычно в сочет. с ф. недост. гл. э= - ээ, ээт, эбээт: саҥара охсубатыҥ баар ээ никогда ты сразу не отвечаешь; ити курдук этэриҥ баар ээт! и надо же тебе так говорить!; наадалаах кэмҥэ суох буолан иһэриҥ баар эбээт в нужное время ты всегда отсутствуешь.
Якутско-русский словарь. - М.: Советская Энциклопедия. К.К. Юдахин. 1965.